РС(Якутия), Намский у., с. Столбы, ул. Аммосова, д. 24

Намская МЦБС

Хатырыкская сельская модельная библиотека им. М.А.Охлопковой

Книги — это мудрость, запечатленная в словах, открывающая двери в бескрайний мир знаний.

Добро пожаловать в нашу библиотеку, где каждая страница — это новое приключение, а каждая строка — ключ к пониманию бескрайних граней жизни.

Библиотекабыт сонуннара

Сэтинньи ый 13 күнүгэр оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэригэр анаан биһиги дойдубут бастакы Президенин Михаил Ефимович Николаев туһунан медиа уруок ыыттыбыт. Оҕолорго анаан кини олоҕун, оҕо сааһын, Сахабыт сиригэр анаан оҕолорго анаан туох үлэни ыыппытын билиһиннэрдибит, чуолаан биһиги нэһилиэкпитин кытта ыкса сибээһин тоһоҕолоон бэлиэтээтибит, кинигэ быыстапкатын ырыттыбыт.  2000 сыллаахха Хатырыкка кэлэн барбытын туһунан видеокиинэ көрдөрдүбүт.

   

   Саха тылын чинчийии нэдиэлэтэ

Кииннэммит библиотечнай ситим ыыппыт саха сирин оҕолорун  төрөөбүт тылларын төһө билэллэрин чинчийиигэ кыттан биһиги нэһилиэкпититтэн  барыта 24 оҕо хабылынна. Чинчийиигэ оҕ аата ыйыллыбат, сааһынан эрэ араарыллар. Чинчийии соруга – Саха сирин уһуйааннарыгар, оскуолаларыгар саха оҕолоро ийэ тылларынан саҥарар таһымнарын быһаарыы.

Манна бэлиэтии көрбүппүтүнэн биһиги улахан саастаах оҕолорбут сахалыы саҥараллара ырааһын, тылы  сатаан тутталлар эбит диэн быһаардыбыт. Ол эрэн детсад уонна начаалынай кылаас оҕолоро нууччалыы тылы элбэхтик кыбытан саҥараллара уонна туттар тэриллэри нуччалыытын эрэ билэллэрэ бэлиэтэннэ.

Күнэ Куо быыстапката

Хатырык орто оскуолатыгар 6-с кылааска Иванова Күнэ Куо диэн кыысчаан үөрэнэр. Кини оҕо эрдэҕиттэн уруһуйдуурун туохтааҕар да ордорор. Кыысчаан харандааһы тутар буолуоҕуттан уруһуйдуур. Урут кумааҕыга кыраасканан уруһуйдуур буоллаҕына билигин компьютернай графика диэн уустук үлэлэри телефонугар уруһуйдаан таһаарар буолбут. Күнэ Куо уруһуйдуур тиэмэтэ араас: ол курдук айылҕа көстүүлэриттэн саҕалаан киэҥ куйаар туһунан бэйэтэ тугу санаабытын, уруһуйдуур эбит.

Кини уруһуйдарын биһиги библиотекабыт ааҕар саалатыгар кэлэн көрүҥ, сэргээҥ.

Оҕо сааһым кинигэлэрэ

Маннык ааттаах лекция бэсиэдэни 11 –с кылаас оҕолоругар анаан ыыттыбыт.  Оҕолор  биһиги көлүөнэ аахпыт кинигэлэрбит туһунан сэргээн иһиттилэр. Манна биһиги саха литературатын төрүттээччилэрбит П.А.Ойуунускай, Алампа, саха бастакы дьахтар суруйааччыта Анна Неустроева, сырса сылдьан, уочараттаан библиотекаттан аахпыт омук улуу суруйааччыларын А.Дюма, Ж.Верн айымньыларын аахпыппытын кэпсээбиппитин болҕойон олорон иһиттилэр, бэйэлэрэ аахпыт кинигэлэрин кэпсээтилэр. Лекциябытыгар төрөппүт Ирина Винокурова оҕо сылдьан аахпыт барон Мюнхгаузен мүччүргэннээх сырыыларын туһунан олус сэргэхтик кэпсээтэ.

Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон  декадалара

Сэтинньи ый 12 күнүгэр Хатырык нэһилиэгэр улуустааҕы инбэлииттэр декадаларын аһыллыыта буолла. Манна Үөдэй, Хомустаах, Хамаҕатта,  Нам нэһилиэгэ, Хатыҥ Арыы нэһилиэктэрин доруобуйаларынан хааччахтаан дьон кэлэн хабылыкка күрэхтэстилэр, араас сэргэх тэрээһиннэргэ кытыннылар. Ол курдук библиотека үлэһиттэрэ,  биһиги, Нам улууһун историятыттан ток-шоу тэрийэн ыыттыбыт.