РС(Якутия), Намский у., с. Столбы, ул. Аммосова, д. 24

Намская МЦБС

Хатырыкская сельская модельная библиотека им. М.А.Охлопковой

Книги — это мудрость, запечатленная в словах, открывающая двери в бескрайний мир знаний.

Добро пожаловать в нашу библиотеку, где каждая страница — это новое приключение, а каждая строка — ключ к пониманию бескрайних граней жизни.

“Туйгун үлэлээх библиотека” аат 1989 сылга иҥэриллибитэ

1986 с. библиотека кыраайы үөрэтэр, саха литературатын пропагандалыыр хайысхалаах буолар. Бу хайысхаҕа араас мероприятиелары тематическай  биэчэрдэри, конференциялары ыыппыппыт. М. К. Аммосов ааатынан совхоз орденнаах, хоһуун үлэһиттэригэр – овощевод Слепцов Василий Васильевичка, ыанньыксыт Жиркова Мария Николаевнаҕа аналлаах портрет биэчэрдэри тэрийэн ыыппыппыт. Ол курдук кулуупка суруйааччы И. Гоголевы көрсүбүппүт, литератунай вечер ыыппыппыт, олохтоох поэт Павел Сыроватскайы, ветераннары, Чурапчы көһүүлээхтэрин кытта көрсүһүүлэр буолбуттара. Кыһыл муннуктарга, передвижкаҕа, ааҕааччылары дьиэнэн кэрийэн кинигэ тарҕатарбыт, Атамайга, Маймаҕаҕа. Элбэх кинигэ выставкалары оҥорбуппут. Былааммытын аһара толорбуппут.

Мария Алексеевна куораттан хас таҕыстаҕын аайы хайаан да библиотекаҕа сылдьара, үлэбитин билсэрэ, сүбэ-ама биэрэрэ, кини муспут материалларын, харыстаан илдьэ сылдьарбытын,  үлэбитигэр туһанарбытын көрөн астынара.

Библиотека 1989 с. улууска бастакынан «Туйгун үлэлээх библиотека» аатын ылбыта.

Антонова Ульяна Николаевна, М.А.Охлопкова аатынан Хатырык модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ, СӨ култууратын туйгуна