- 15.10.2026
- 58
- нет
“Туйгун үлэлээх библиотека” аат 1989 сылга иҥэриллибитэ
1986 с. библиотека кыраайы үөрэтэр, саха литературатын пропагандалыыр хайысхалаах үлэни ыытар. Бу хайысхаҕа араас тэрээүиннэри: тематическай биэчэрдэри, конференциялары ыыппыппыт. М. К. Аммосов а-н совхоз орденнаах, хоһуун үлэһиттэригэр- овощевод Слепцов Василий Васильевичка, ыанньыксыт Жиркова Мария Николаевнаҕа аналлаах портрет биэчэрдэри тэрийэн ыыппыппыт. Ол курдук кулуупка суруйааччы И. Гоголевы көрсүбүппүт, литератунай вечер ыыппыппыт , олохтоох поэт Павел Сыроватскайы. Ветераннары, Чурапчы көһүүлээхтэрин кытта көрсүһүүлэр буолбуттара. Кыһыл муннуктарга, передвижкаҕа, ааҕааччылары дьиэнэн кэрийэн кинигэ тарҕатарбыт, Атамайга, Маймаҕаҕа. Элбэх кинигэ выставкалары оҥорбуппут. Былааммытын аһара толорбуппут.
Мария Алексеевна куораттан хас таҕыстаҕын аайы хайаан да библиотекаҕа сылдьара, үлэбитин билсэрэ, сүбэ-ама биэрэрэ, кини муспут материалларын, харыстаан илдьэ сылдьарбытын, үлэбитигэр туһанарбытын көрөн астынара.
Библиотека 1989 с. улууска бастакынан «Туйгун үлэлээх библиотека» аатын ылбыта.
Антонова Ульяна Николаевна, М.А.Охлопкова аатынан Хатырык модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ, СӨ култууратын туйгуна
Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко


