- 21.09.2026
- 110
- нет
Сорудахтар. 1985 с. Уопсай тэтэрээт ис хоһооно
Бу тэтэрээт тохсунньу 11 к. 1984 с. Пушкин аатынан Якутскайдааҕы республиканскай библиотека научнай-метоическай отделын үлэһитэ Павлова Татьяна Петровна кэлэн Хатырыктааҕы филиал үлэтин 1983 с. ССКП ККУ уурааҕын үлэҕэ киирбитин бэрэбиэркээһинин түмүгэр киллэрбит этиилэрин суруйбут. Манна библиотека үлэтин толорон иһэрин, кулуубу кытта үлэ былааннаахтык барарын, документация аккуратнайдык толоруллан иһэрин, инникитин совхоһу кытта Хатырык библиотеката бюро НТИ , онно справочнай-информационнай фонда тэриллиэхтээҕин туһунан ыйыллыбыт, уонна т/х специалистарын хабан үлэлииллэрин, филиаллар икки ардыларыгар ыытыллар көрүү–конкурска 1983-1984 сс сүөһү көрөөччүлэри кытта үлэҕэ кыттыһалларыгар, внутрисистемнай книгообмен документациятын, дневник пердвижной библиотеки , СБА редакциялааһыны, нэһилиэк туһунан картотека оҥостуҥ диэн суруйбут. Уонна совхозтан 100 солк. т/х лит-тын ылалларыгар диэн этии киллэрбит.
Бу тэтэрээккэ сурулларынан көрдөххө республиканскай, оройуоннай библиотекаттан сылга хаста да кэлэн бараллар эбит, уонна ордук туохха болҕомто ууран үлэлииллэрин тоһоҕолоон бэлиэтээн бараллар эбит.
Антонова Ульяна Николаевна, М.А.Охлопкова аатынан Хатырык модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ, СӨ култууратын туйгуна

Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко


