- 28.11.2024
- 92
- нет
ОЛОҤХО ДЬЫКТААНА
Сэтинньи 27 күнүгэр Хатырык нэһилиэгэ бүтүн Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Олоҥхо дьыктаана” аахсыйаҕа кыттаммыт 10 киһи суруйда.
Дьыктааны М.К.Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатын саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала Петрова Екатерина Спартаковна аахта. “5” сыанаҕа 7 киһи, “4” сыанаҕа 3 киһи суруйдулар. Бары суруйбут дьоммутугар истиҥ эҕэрдэ! Өрүү көхтөөх буолуоҕуҥ диэн нэһилиэкпит олохтоохторун ыҥырабыт. Түмүктүүр тэрээһиннэр биир дойдулаахпыт саха сирин биллиилээх олоҥхоһута, тойуксут, норуот ырыаһыта Попов Василий Николаевич-Бочоох төрөөбүтэ 115 сылын бэлиэтиир күҥҥэ туттарыллыахтара.
Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко