- 14.10.2026
- 72
- нет
Мария Алексеевна дьүөгэтэ Мария Даниловна Собакина ахтар…
Икки Маайалар иккиэн Хатырыктан төрүттээх кыргыттар. Иккиэн культурнай-сырдатар училищены бүтэрбиттэрэ. Мария Алексеевна сыралаһан библиотекарь идэтин 1954 с., Мария Даниловна 1964 с. кулууп үлэһитин идэтин бүтэрбиттэрэ уонна тапталлаах дойдуларыгар кэлэн үлэлэрин саҕалаабыттара.
Мария Даниловна хайа күн кульутра эйгэтигэр үлэлии кэлиэҕиттэн кыра эрдэҕиттэн сылдьар библиотекатын сэбиэдиссэйэ Мария Алексеевналыын бииргэ эҥэрдэһэн үлэтин саҕалаабыта. Сайынын отчуттары, ыанньык фермалары хабан үлэлииллэрэ. “Кулууппар туттар тэрилим суох буоллаҕына библиотекаҕа сүүрэн тахсарым, Мария Алексеевна наһаа хаһаайыстыбаннай, уус буолан туттар тэрилэ барыта орун оннугар буолара”, – диэн ахтар.
Мария Даниловна бу ахтыытыгар коллегатын, дьүөгэтин туһунан олус истиҥник ахтар. СИҺИЛИИ бу сигэнэн киирэн көр: https://disk.yandex.ru/i/atHIPnH2xeEI0A
Любовь Ивановна Васильева, библиотекарь
Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко


