РС(Якутия), Намский у., с. Столбы, ул. Аммосова, д. 24

Намская МЦБС

Хатырыкская сельская модельная библиотека им. М.А.Охлопковой

Книги — это мудрость, запечатленная в словах, открывающая двери в бескрайний мир знаний.

Добро пожаловать в нашу библиотеку, где каждая страница — это новое приключение, а каждая строка — ключ к пониманию бескрайних граней жизни.

М.А. Охлопкова библиотека туһунан эппит бэргэн тыллара

Библиотекарь үгүс үйэлэргэ киһи-аймах өйүнэн муспут сүдү баайын, билиитин эн эрэ, суос-соҕотох, эн эрэ көмөҕүнэн бар дьон сайдарыгар, бар дьон үүнэригэр ыһа, тарҕата, иҥэрэ тураҕын.

Библиотекарь эн киэҥ киэлигэр, үйэлэр тухары кичэйэн, бүөбэйдээн, эмтээн-томтоон, ардыгар быһан-отон, тигэн, самсаан — кинигэлэр барахсаттары, үйэлэрин уһатан, үүнэр-үөскүүр кэнэҕэски ыччакка, ытык кэһии гынан кэрэһэлээн тиэрдэҕин.

Библиотека көмөтүнэн, эйигинниин доҕордоспут, аргыстаспыт ыччат, олох, үөрэх, үлэ үөһүгэр аналлаах тыыга олорбуттуу, олох дохсун долгунун утары өксөйөн, үүнэн-сайдан: учуонай, доктор, профессор, академик буолан, айа-тута, саҥаны, бастыҥы олоххо киллэрэн сарсыҥҥы күннэрин саҕаҕын симииллэр, ол да иһин эн кинигэлэр мустан тоҕуоруспут сүдү дьиэлэрэ библиотека диэн ааккынан аар саарга аатырыаххын аатыраҕын.

Эйиэхэ үлэлиир, эн хорсун быһыыгын миэстэтигэр тиэрдээччилэр, эн тутаах эрэллээх эйиэхэ бэриниилээх сүдү ааты сүгэр библиотекардарыҥ үйэлэргэ үүнэ-сайда, үксүү, кичэйэ киэргэтэ турдуннар. Эйиэхэ дьол-соргу тосхойдун.

Мин энкилэ суох ыраастык, кыырпаҕа суох кырдьыктык, таҥара курдук ыраастык олоруохпун олуһун баҕарабын.

МАРИЯ АЛЕКСЕЕВНА ОХЛОПКОВА, САССР КУЛТУУРАТЫН ҮТҮӨЛЭЭХ ҮЛЭҺИТЭ, Нам улууһун, Хатырык нэһилиэгин ЫТЫК КИҺИТЭ