РС(Якутия), Намский у., с. Столбы, ул. Аммосова, д. 24

Намская МЦБС

Хатырыкская сельская модельная библиотека им. М.А.Охлопковой

Книги — это мудрость, запечатленная в словах, открывающая двери в бескрайний мир знаний.

Добро пожаловать в нашу библиотеку, где каждая страница — это новое приключение, а каждая строка — ключ к пониманию бескрайних граней жизни.

Лениград блокадатын кыттыылааҕа А.К. Нектегяева туһунан фотоальбом

Бу альбомҥа Александра Кирилловна бэйэтин илиитинэн 1975 с. суруйбут ахтыыта баар. Онно кини суруйбут: “ Мин сэрии  саҕаланыытыгар Ленинград Хоту норуоттарын педагогическай институтугар үөрэнэ сылдьар этим. 1941 с. бэс ыйын 21 күнүгэр тиһэх экзамен этэ. Сарсыҥҥытыгар байыаннай сорудахтары толорбуппут,  күҥҥэ 100 повестканы түҥэтэрбит, заводка, таҥас, атах таҥаһын оҥорор фабрикаҕа үлэлээбиппит. Танкалар саһар ханаабаларын хаһарбыт сарсыарда 4 ч. киэһэ 10 ч. диэри үлэлиирбит. 1941 с. алтынньы ыйтан өстөөх куораты буомбалаабытынан барбыта. Күҥҥэ 100-200 самолет куораты 2-5 чаас буомбалыыра.

Кыһыҥҥыттан балаһыанньа наһаа ыараабыта. Транспорт, радио, электричество үлэлээбэт буолбута. Дьиэлэр олус тымныылар этэ. Ас суоҕар эбии уу эмиэ кэмчи буолбута. 1941 с. сэтинньитигэр 11085, ахсынньыга – 52881 киһи хоргуйан өлбүтэ. 900 күннээх блокадаҕа барыта 700 тыһынча киһи хоргуйан өлбүт. 107 тыһыынча киһи бомба түһэн, 150 тыһыынча снаряд эстибит.

Сэрии кэмигэр Ленинград куорат олохтоохторо фроҥҥа 700 танканы, 58 бронепоеһы, 25 тыһ. Орудиены, минометтары ыыппыттара. 1942 с. Ладожскай күөлүнэн суол аһыллыбыта. 1944 с. Кыһыл Армия Ленинграды өстөөхтөртөн босхолообута.”

1949 с. олоҕун бүтэһик күнүгэр диэри  Хатырык орто оскуолатыгар учууталлаабыта. 1963 с. олохтоох совет депутатынан, 1965 с. оройуон депутатынан талыллан үлэлээбитэ. Хатырыкка үлэлиир кэмигэр уоллаах кыыс оҕону иитэн улаатыннарбыта.

Бу альбомҥа Александра Кирилловна эдэр сылдьан, подругаларын кытта соҕуруу куораттарга, семейнай, үлэтин хаартыскалара киирбиттэр. Урукку кэм сиэринэн похорона5а түһэриллибит хаартыскалара бааллар.

Антонова Ульяна Николаевна, М.А.Охлопкова аатынан Хатырык модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ, СӨ култууратын туйгуна