- 26.09.2026
- 83
- нет
Хатырыкка – Судаарыстыбаннас историятын музейын төрүттээччи
1957 сыллаахтан саҕалаан, Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков, Степан Васильев тустарынан ыстатыйалар тахсан барбыттара. Ол ыстатыйалары Мария Алексеевна кичэллээхтик мунньан, папкалары оҥорон барбыта. 1960 с. киниэхэ Хатырык орто оскуолатын дириэктэрэ Раиса Дмитриевна Маппырова, история учуутала Иванова-Протодьяконова Вера Петровналыын Саха сирин комсомолун историятын үөрэтэр куруһуокта тэрийиҥ диэн сорук туруорбута.
1961 с. куруһуокка 10 үөрэнээччи, сыл бүтэһигэр 15, 1962 с. олунньутугар 26 үөрэнээччи дьарыктанар буолбуттара. Кинилэр «Комсомолец» диэн хаһыаты таһаараллара, биэчэрдэри, диспуттары, лекциялары тэрийэллэрэ, ыыталлара. Куруһуок старостата Куличкин Алеша, активистар оскуола комсомолун ячейкатын сэкирэтээрэ Дьяконов Валера, Ядрихинскай Толя, Оконешников Коля Попова Дуня, Охлопкова Люба, Марта уонна Лина Прокопьевалар, Попова Света, Дьяконов Павел этилэр. Хуложник Ефим Михайлович Шапошников Хатырыкка учуутал эдьиийигэр кэллэҕинэ, мэлдьи библиотекаҕа сылдьара. Кини Мария Алексеевналыын доҕордуу буолбуттара.
Ефим Шапошников Марияҕа музейда тэрий диэн сүбэлээбитэ.
Кинилэр Максим Кирович кэргэнин, соратниктарын кытта суруйсан саҕалаабыттара. Атын үөрэнээччилэри былыргы малы-салы хомуйарга көҕүлээччи буолбуттара. Мария Алексеевна бастакы комсомолецтар уонна гражданскай сэрии кыттыылаахтарын хаартыскаларыттан Дьокуускай куорат «Сайсары» фотоательетыгар копиялары оҥотторбута.
Ити үлэ барыта музейы арыйарга төрүөт буолбута.
«Үөрэнээччилэр үгүс көмөнү оңороллор. Бу эбээт кинилэринэн тэриллибит музей» — диэн суруйан хаалларбыта Мария Алексеевна Охлопкова көмөлөспүт оҕолорун хаартыскаларын кичэллээхтик сыһыарбыт фотоальбомугар.
Надежда Ивановна Лукинова, М.К.Аммосов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын историятын музейын сотруднига, СӨ култууратын туйгуна

Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко


