- 28.09.2026
- 56
- нет
Хатырык библиотекатыгар оҕо отделын аһыллыыта
1977 с. М.К. Аммосов 80 сыллаах юбилейын көрсө библиотека саҥа дьиэҕэ киирбитэ. Маны барытын Мария Алексеевна тус бэйэтэ сүүрэн-көтөн, үлэһиттэрин түмэн, салайан библиотекатын үлэҕэ киллэрбитэ. Саҥа объект киирэригэр библиотекаҕа аналлаах тэриллэри барытын туруорсан кинигэ стеллажтарын, остуоллары, олоппостору – барыта саҥа мебели, лаампатыгар, шторатыгар тиийэ туруорсан, булан-талан таһааран, таҥан туруортарбыта
Оҕо отделын астаран, эбии биир штаты көрдөрөн, библиотека икки үлэһиттэммитэ.
Худуоһунньугу ыҥыран оскуолаҕа киириэн иннинэ саастаах оҕолорго аналлаах хос биир улахан эркинигэр кэпсии олорор саха оҕонньоро, остуоруйа геройдара тиллэн кэлбит курдук уруһуйдаммыттара кырачааннарга кэрэхсэллээх бэлэх буолбута. Кинилэргэ анаан саҥа, нууччалыы оһуор уруһуйдаах мебель — остуол, олоппостор – турбуттара.
Оҕо-аймах олус сөбүлээн сылдьар, ааҕар буолбуттара. Оскуоланы, детсады, музыкальнай оскуоланы кытта ыга ылсан үлэлиирбит, төрөппүттэри кытта эмиэ. Ол саҕана кылаас таһынан ааҕыы күүскэ ыытыллара, ирдэнэрэ. Кылаас ахсын ааҕарга испиэһэк баар буолара.
Библиотекаҕа скуола оҕолоругар аналлаах араас тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытылланнар былааннаммыт үлэ барыта туолара, үксүн аһара барара.
Оҕолорго аналлаах хаһыат, сурунаал бөҕөнү библиотека суруттарара оҕо аймаҕы эмиэ тардара. Отделга биир улахан оруолу нагляднай агитация ылара. Ол билиҥҥи курдук судургу буолбатах этэ, барытын оҥорорбут: уруһуйдуубут, суруйабыт, килиэйдээн сыһыарабыт, коробкалары оҥоробут.
Мария Алексеевналыын саҥа аһыллыбыт оҕо отделыгар түөрт сыл устата сүрдээх үчүгэйдик үлэлээбиппит. Музейы эмиэ иккиэн солбуйса сылдьан үлэлэтэрбит.
Оччолорго кииннэммит библиотечнай система директорынан Захарова Екатерина Георгиевна олус таһаарыылаахтык үлэлиирэ. Дойду үрдүнэн кинигэ фондатын саҥа, ББК классификациятыгар киллэрии күргүөмнээхтик бара турара. Оруобуна мин үлэлии сырыттахпына Екатерина Георгиевна Старостина (Сивцева) Варвара Капитоновналыын командировкаҕа кэлэн практическай көмө оҥорбуттара, хас да күн хоно сылдьан. Библиотека хас биирдии кинигэтин карточкаларын (алфавитнай, систематическай) кытта ББК-ҕа көһөрүү тулууру, дьулууру, болҕомтону ирдиирэ. Ол улахан үлэ буолбута.
Билигин библиотекаларга бэлэм суруллубут карточкалар кинигэлиин кэлэллэр. Сыл, хонук аастаҕын аайы библиотека үлэтигэр сайдыы киирэн иһэр.
Светлана Ивановна Попова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна
28.07.2026
Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко


