- 29.01.2025
- 79
- нет
АЛЕКСАНДРА КИРИЛЛОВНА НЕКТЕГЯЕВА ЛЕНИНГРАД БЛОКАДАТЫН КЫТТЫЫЛААҔА ЭТЭ …
Ленинград блокадата
Ленинград куорат блокадаҕа олоруута уонна охсуһуута – бу Аҕа дойдуну көмүскүүр 1941-45 сс. Улуу сэриигэ дьон, иитэ-саҕата суох иэдээҥҥэ түбэһэн баран, тыыннаах ордор иһин туруулаһыытыгар тэҥнээх атын холобур хайа да үйэҕэ ханнык да сэриигэ суоҕа.
Биир сыл түөрт ыйтан ордук кэм устата ити туруулаһыыга куорат 3 мөлүйүөнтэн тахса олохтооҕуттан 641 тыһыынчата хоргуйан өлбүтэ, үгүс киһи куораты саа-саадах тутан көмүскэһэ сылдьан охтубута, атыттар бомба, снаряд аһылыга буолбуттара. Олохтоохтортон 10 дивизия тэриллэн, саа туппут – 130 тыһыынча киһи. Революция биһигэ диэн аатырбыт куораты биэс фронт сэриилэрэ көмүскээбиттэрэ. Онно төһө сүтүк тахсыбыта баччааҥҥа диэри чуолкайдана илик.
Сүүнэ куорат водопровода суох хаалан, дьон Неваттан уу баһара, олорор дьиэлэрэ кыайан ититиллибэтиттэн квартираларга тимир оһоҕунан оттунан олоруу, онуоха оттук оҥостоору мас дьиэлэри көтүрүү, хаптаһын олбуордары суйдааһын, ол быыһыгар өлбүтү салаасканан соһон көмүү – бу барыта Ленинград дьонун түбүктэрэ этэ. Рабочайга 250 онтон атыттарга 125 грамм килиэп бэриллэрэ.
1941 ССРС оборонатын государственнай комитета Ленинградка таһаҕастары тириэрдэр туһунан уураах ылыммыта. Онон олох суолунан 1615 тыһыынча тонна таһаҕас таһыллыбыта, 1376 тыһыынча Ленинградецтар тыылга таһаарыллыбыттара.
1943 сыллаахха өстөөх төгүрүйүүтүн биһилэҕэ тоҕу көтүллүбүтэ. Ладожскай биэрэгин кытыытынан 8-11 км кэтиттээх көрүдүөр Ленинград дойдуну кытта хонуу суолунан быһаччы сибээстэһиитин чөлүгэр түһэрбитэ. Төгүрүтүллүбүт куораты 900 күн көмүскээһин – бу эр санаа уонна героизм этэ.
Ленинград блокадатыгар барыта 642 киһи аччыктаан, 21 тыһыынча кэриҥэ киһи буомбалартан уонна снарядтартан өлбүтэ, ол да буолллар куорат олохтоохторун уонна биһиги армиябыт модун санаалара булгуруйбатаҕа.
Ленинград куораты босхолооһуҥҥа элбэх буойун сэриилэспитэ. Кинилэр ыарахаттартан дьулайбат, эрэйтэн-кыһалҕаттан иҥнибэт, тоҥору-хатары тулуйар тулуурдаах саллааттар буолалларын бэйэлэринэн көрдөрбүттэрэ.
Уу кытары кэмчи буолара
Быйыл муус устар 9 күнүгэр Хатырык орто оскуолатын 75 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. Мустубут ыалдьыттар оскуолатааҕы кэмнэри санаан аастылар. Выпускниктар оскуолабытыгар араас кэмҥэ үлэлээбит учууталлар тустарынан ахтыылары оҥортоотулар, кэлбит кырдьаҕас учууталларга сибэкки уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттартаатылар.
М.К. Аммосов аатын сүгэр оскуолаҕа сэрии кэмигэр уонна ол да кэнниттэн үтүөкэннээх учууталлар үлэлээбиттэрэ. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыыны ылбыттара уонна ыҥырыллан барбыттара: Винокуров Алексей Авксентьевич, Дьяконов Никита Михайлович, Емельянов Георгий Иннокентьевич, Матвеев Гаврил Спиридонович, Марков Петр Афанасьевич, Ильин Николай Иванович, Слепцов Алексей Иванович, Слепцов Георгий Игнатьевич, Татаринов Иннокентий Афанасьевич, Федоров Савва Данилович, Кривогорницын Иван Михайлович, Аргунов Алексей Егорович. Оттон Нектегяева Александра Кирилловна – Ленинград 900 хонуктаах блокадатын кыттыылааҕа.
Биһиги үөрэнэр кэммитигэр ( 1954-66 сс.) үлэлииллэрэ оҕо иитиитигэр үгүс сыраларын биэрбит сэрии актыыбынай кыттыылаахтара – учууталларбыт: Винокуров А.А. – үлэ уруога, байыаннай дьыала, Дьяконов Н.М. – начальнай кылаас, Марков П.А. – оскуола диектора, Нектегяева А.К. – начальнай кылаас, Слепцов А.И. – саха тылын учуутала, Слепцов Г.И. – интернат воспитателэ, начальнай кылаас учуутала, Кривогорницын И.М. — ырыа уруогун учуутала, Аргунов Алексей Егорович – үлэ уруогун учуутала, сэрии кэмигэр рота командира (ст.лейтенант званиелаах этэ, сороҕор форматын кэтэн кэлэрэ).
Бүгүн мин ахтыам этэ үөрэппит учууталбыт Нектегяева А.К. туһунан. Кини Ленинград блокадатын кыттыылааҕа эбит. Оччолорго ону биһиги билбэт этибит.
Учуутал бэйэтин тылыттан хойут, 1975 сыллаахха маннык ахтыы суруллан хаалбыт : “Мин сэрии саҕаланыытыгар Ленинградка Хотугу норуоттар педагогическай институттарыгар үөрэнэ сылдьар этим. 1941 с. бэс ыйын 21 күнүгэр тиһэх экзамен этэ. Сарсыҥҥытыгар байыаннай сорудахтары толорбуппут, күҥҥэ 100 повестканы түҥэтэрбит, заводка, атах таҥаһын оҥорор фабрикаҕа үлэлээбиппит. Танкалар саһар ханаабаларын хаһар этибит. Сарсыарда 4 чаастан киэһэ 10 чааска диэри үлэлиирбит. 1941 с. алтынньы ыйтан өстөөх куораты буомбалаабытынан барбыта. Күҥҥэ 100-200 самолет куораты 2-5 чаас буомбалыыра.
Кыһыҥҥыттан балаһыанньа наһаа ыараабыта. Транспорт, радио, электричество үлэлээбэт буолбута. Дьиэлэр олус тымныылар. Ас суоҕар эбии уу эмиэ кэмчи буолбута. 1941 с. сэтинньитигэр 11085, ахсынньыга – 52881 киһи хоргуйан өлбүтэ. 900 хонуктаах блокадаҕа барыта 700 тыһыынча киһи хоргуйан өлбүт. 107 тыһыыынча буомба түһэн, 150 тыһыынча снаряд эстибит.
Сэрии кэмигэр Ленинград куорат олохтоохторо фроҥҥа 700 танканы, 58 бронепоеһы, 25 тыһыынча орудиены, минометтары ыыппыттара. 1942 с. Ладожскай күөлүнэн суол аһыллыбыта. 1944 с. тохсунньуга Кыһыл Армия Ленинграды өстөөхтөртөн босхолообута. “
Учууталбыт А.К.Нектегяева Ленинград блокадатыгар 1942 с. олунньу иккис аҥаарыгар дылы сылдьыбыт. Дойдутугар кэлээт, 1942-47 сс. Орджоникидзевскай оройуоҥҥа учууталынан үлэлээбит. 1947 с. Дьокуускайга пединститукка үөрэнэн киирбит, онтон ыалдьан үөрэҕин салҕаабатах. 1949 сылтан олоҕо бүтүөр дылы Хатырык орто оскуолатыгар учууталлаабыт. 1963 с. сельсовет депутатынан, 1965 с. оройуон депутатынан талыллан үлэлээбит. Хатырыкка үлэлиир кэмигэр уоллаах кыыс оҕолору иитэн улаатыннарбыта.
1972 с. Игнатий Иванович Каратаев уонна Александра Кирилловна Нектегяева “Диктант текстэрэ” (учууталга көмө) диэн 1-3 кылаастарга методическай пособие суруйан бэчээттэппиттэрэ билиҥҥэ диэри туһанылла сылдьар эбит.
Педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала Нектегяева А.К. уопсайа 35 сыл учууталлаабытыттан 25-һэ Хатырык оскуолатыгар тиксэр.
Маннык ветеран учууталларга үөрэммиппитин биһиги олохпут биир дьоллоох түгэнинэн ааҕабыт.
Иван Попов II, үлэ ветерана Орто Дойду // ыам ыйын 12 к. 2005 с.
Ленинград блокадатын кэмнэриттэн ахтыы
Александра Кирилловна Нектегяева 1975 сыллаахха суруйбут ахтыыта.
Мин сэрии саҕаланыытыгар Ленинградка Хотугу норуоттар педагогическай институттарыгар үөрэнэ сылдьар этим. Элбэх саха уолаттара сэриигэ ыҥырыллан, арҕаа границаҕа сулууспалыы сылдьаллара. Доруобуйаларынан сыыйыллыбыт уолаттар сэрии маҥнайгы күннэриттэн куорат оборонатыгар, ханна үлэһит илии наада буолар да, ол үлэлэргэ барытыгар сылдьан үлэлэспиттэрэ. Фроҥҥа көрдөспүттэрэ да ыыппатахтара. Кэлин хоргуйан өлбүттэрэ. 1941 с. бэс ыйын 21 күнүгэр тиһэх экзамен этэ. Ол күн биһиги миэстэбитин быһаарыммыппыт. Бэс ыйын 23 күнүттэн байыаннай сорудахтары толорбуппут, ити күн 100 повестканы түҥэппиппит. Ол кэннэ заводка таҥас, атах таҥаһын оҥорор фабрикаҕа үлэлээбиппит. Үгүс дьиэлэри госпиталга кубулуппуттара. Онно санитаркалаабыппыт.
Сэриигэ санитарканан барарга көрдөһөн военкомакка барарбыт. Онуоха госпиталга сытар Ленинградтан төрүттээх байыас сүбэлиирэ: “ Эһиги миэстэҕит дойдугутугар, эһиги аҕыйах ахсааннаах норуот оҕолоро буолаҕыт, кыргыттарга онно олус ыарахан, барымаҥ, – диирэ. Рабочай батальон траншея хаһара. Онно солбуһа сылдьан үлэлиирбит. Мэник буулдьаттан олус элбэх киһи өлөрө. Күһүн хомуурга үлэлээбиппит, дэриэбинэни көһөрүүгэ сылдьыбыппыт, сиэмэ бурдуктаах ыскылааты, миэлиҥсэни умаппыппыт. Өстөөх куоракка чугаһаабыта. Рабочай батальоннар танкалар саһар ханаабаларын хаспыппыт. 9 м. дириҥнээх, 9 м. туоралаах. Эдэр, кырдьаҕас, оҕо, дьахтар үлэлээбитэ. Сарсыарда 4 чаастан киэһэ 10 чааска диэри үлэлиирбит. Кэлин сырыттахха немец самолеттара ас быраҕаллара, ону баҕар дьааттаах буолуо диэн кырдьаҕас дьон сиэн көрөн баран көҥүллүүллэрэ.
Куорат иһигэр баррикада тутуутугар үлэлээбиппит. Винтовканы, пулемету, гранатаны туттууга үөрэтэллэрэ. 1941 с. алтынньы ыйтан өстөөх куораты буомбалаабытынан барбыта. Күҥҥэ 100-200 самолет куораты 2-5 чаас буомбалыыра. Нуормабыт 125 гр. килиэп этэ.
1941 с. кыһыҥҥыттан балаһыанньа наһаа ыараабыта. Транспорт, радио, электричество үлэлээбэт буолбута. Ититэр, уу биэрэр турбалар алдьаммыттара. Дьиэлэр олус тымныылар. Ас суоҕар эбии уу эмиэ кэмчи буолбута. Нева өрүстэн ыларбыт. Дьиэлэр олус тымныылара. 1941 с. сэтинньитигэр 11085, ахсынньыга – 52881 киһи хоргуйан өлбүтэ. И.В.Сталин тыл этэрэ. Кыайыы иһин туох кыаллары барытын оҥорорго этэрэ. 900 хонуктаах блокадаҕа барыта 700 тыһыынча киһи хоргуйан өлбүт. 10700 буомба түһэн, 150 тыһыынча снаряд эстэн өлүү буолбут. Буомбалааһын кэнниттэн дьулаан көстүү буолара. Таҥнарааччылар госпиталлары этэллэрэ. Заводка сэрии сэбэ оҥороллоро, таҥас тигэллэрэ. Блокадаҕа 141800 литр хаан бэриллибитэ. Мин 2 литр хаан туттарбытым. 1942 сыл суол аһыллыбыта. Өстөөхтөр мэһэйдииллэрэ, суолунан дьону эвакуциялааһын саҕаламмыта. Олох суола диэн ааттаабыттара Ладожскай күөлү. Биһиги Саха сириттэн 4 кыыс буолан Киров-Иркутскай-Якутскай суолунан дойдубутугар айаҥҥа туруммуппут….
Манан Александра Кирилловна ахтыыта быстар…
Төһөлөөх ыарахан суолунан айаннаан 4 эдэркээн кыыс барахсан дойдуларын булаахтаабыттара буолуой? Ол онно да доруобуйалара айгыраан, олоҕун орто омурҕаныгар тиийээхтээтэҕэ… Үүнэр көлүөнэҕэ сырдыгы, үөрэҕи тарҕатан дьоһуннаах олоҕу олорбут ытыктыыр учууталбыт аата үйэлэргэ умнуллубатын!!! Александра Кирилловна үтүө суобастаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан Саха АССР оскуолалаларын үтүөлээх учуутала үрдүк аатын ылбыта.
Саҥа саҕалааһыннары өрүү өйүүрэ, ол курдук саҥа музей тутуутугар, урукку харчынан 500 солкуобай биэрбитэ. Общественнай үлэттэн туора турбат. Икки оҕону иитэ ылан, үтүө киһи оҥортоон, үтүө холобуру көрдөрбүтэ.
Бу ахтыы Хатырык модельнай библиотекатыгар харалла сытар. Мария Алексеевнабыт муспут баай фондатыттан ылылынна.
Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко