- 30.09.2026
- 58
- нет
Аччыгый Арыы
Аччыгый Арыы – бу Аммосовтар кыстык сирдэрэ. Бу арыыга сырыттаххына, хайдах эрэ киэн туттуу, бу манан, бу суолунан, бу кырдалынан чахчы Махсыым — Максим Аммосов ииппит дьонун балаҕаннарыттан төрөппүт дьонугар сүүрэн-хааман сылдьыбыта буолуо диэн сырдык санаа хас биирдии киһиэхэ үөскээбитэ буолуо дии саныыбын. Ону кэлэр кэнчээри ыччат өйдүү-саныы сырыттын диэн кини балта, биһиги библиотекарбыт Мария Алексеевна барахсан ытыгылаан оҥоттордоҕо…
Максим Кирович Аммосов төрөөбүт түөлбэтигэр, Аммосовтар кыстыктарын оннугар маҥнайгы памятник, железобетон плитаттан мэҥэ-тааһы Мария Алексеевна 1967 с. туруортарбыта. «Ийэм Наталья Кириковна Охлопкова, балаҕанын үүт-үкчү гына (кыстыктарын курдук, сүбэлээн олбуорга кэлэн олоппоско олорон ыйан-кэрдэн биэрбитэ). Уонна кыстыктарын оннук киирсэн (тиэйэн киллэрэн) ыйан биэрэн мэҥэ таас туруорсарга сүҥкэн үтүөнү оҥорсубута», — диэбит. Балаҕан музей тэлгэһэтигэр тутуллубута.
Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 90 сылын көрсө, 1987 с. Аччыгый Арыыга иккис памятник — граниттан мэҥэ таас туруоруллубута.
2012 с. М.К. Аммосов аймах дьоно-сэргэтэ гранит мэҥэ таас бетон олоҕун плитканан бүрүйэн, тупсарбыттара.
Лукинова Надежда Ивановна, М. К. Аммосов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын историятын музейын үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна. Атырдьах ыйа, 2026 сыл

Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко


